Эйигин аларга көрсөөрү,
Сиэттиһэн сэргэстии хаамсаары,
Эн нарын тарбаххын тутаары,
Эн сэргиир тылларгын истээри.
Сииктээх от устунан оргууйдук
Эйигин кэтэһэ хаамабын,
Сибиэһэй сибэкки сытынан
Наҕыллык дуоһуйа тыынабын.
Ол көмүс сардаҥа утаҕа
Таммахха чаҕылла оонньоото,
Куотуо диэн сэрэнэн ааттаһан,
Наҕыллык, уһуннук уураата.
Симик тыал миэхэҕэ сипсийэр
Ыксаама, кэтэс диэн сипсийдэ,
Уонна, дьэ, арахсан барбакка
Миигинниин сэргэстии сырытта.
Эйигин аларга көрсөөрү,
Эйиэхэ сибэкки биэрээри,
Эйиэхэ биир тылы этээри,
Сүрэҕим кистэлин аһаары.
Марфа
Куличкина тыллара (слова),
Александр
Дмитриев - Чүмэчи мелодията (мелодия).
Константин
Степанов толоруута (вокал).
СОБИРАЮСЬ
ЦВЕТЫ ПОДАРИТЬ
Я в берёзовой роще с тобой,
Прогуляться хочу на заре,
Испытать поцелуй затяжной,
И сгореть весь в любовном костре.
По траве, что в росе, не спеша,
Я брожу, ожидая тебя,
И цветков ароматом свежа,
Всем дыханием леса тропа.
И сверканием луч золотой,
На капели росинок дрожа,
Как пугливою ланью лесной,
Затаился, слезой миража.
Ветерок прошептал, подожди,
Ты дождись, посмотри в небеса,
А потом, побежал впереди,
Унося облаков паруса.
Я в берёзовой роще тебе,
Собираюсь цветы подарить,
И заветное слово в судьбе,
О любви, к дорогой, заявить.
Василий
Полятинский
16:50/17:25 - 19:04
05.04.19
© Свидетельство
о публикации №119040504819