УУРУОҔУҤ СИБЭККИ ДЬӨРБӨТҮН...
Ол сайын
балаҕан аайытын
Ыар
ынчык ыал аайы киирбитэ,
Хаарыаннаах
ньээкэ уйаларын
Көмүскэ
уутунан сууйбута...
Алааска
ааҥнаабыт аймалҕан
Алдьархай
ааннарын арыйан,
Арҕааттан
аргыардаах анысхан
Алаһа дьиэ
иһин аймаабыт...
Эйэлээх
олоҕу көмүскүү
Эр дьоннор
сэриигэ барбыттар,
Саастааҕа
кыайыыны көҕүлүү
Сыралаах
үлэҕэ турбуттар...
Кыыс оҕо
ийэтин батыһан
Күүс-көмө
өйөбүл буолбута,
Аҕатын
сэриигэ атааран
Аймана,
сайыһа хаалбыта...
Уол оҕо
аҕатын солбуйан
Дьонугар
төһүү күүс буолаары,
Ыарахан
үлэҕэ мускуллан
Оҕолуу оонньууртан маппыта...
Сэрии ыар
тыына дьиппиэрэн
Саханы
өлүүгэ аспыта,
Кытаанах
кэмнэри биттэнэн
Күн кытта
өлбөөрөн ылбыта...
Хара
көлөһүннэрин тохпут
Хорсун
санаалаах дьоммутун,
Ытыспыт
үрдүгэр тутуоҕуҥ
Күн ахсын
уруйдуу туойуоҕуҥ!
Кыайыы
көтөллөөх эргиллибит
Ытык
бэтэрээн дьоммутугар
Уһун үйэни
баҕарыаҕыҥ
Киэн тутта
ааттарын ааттыаҕыҥ!
Эргиллэн
кэлбэтэх буойуҥҥа
Ууруоҕуҥ
сибэкки дьөрбөтүн...
Куруутун
эдэркээн саллаакка
Курустук
хоҥкуйа түһүөҕүҥ...
Күн Арылы -Надежда Николаева
Лөкөчөөн -
Бэрдьигэстээх
(с. Лекечён,
Вилюйский улус - с. Бердигестях, Горный улус, Республика Саха (Якутия))
27.04.2017с.
ЦВЕТЫ
ВОЗЛОЖИМ В ИЗГОЛОВЬЕ
В то лето, в
каждом балагане,
Стон
горестный стоял великий,
В гнезде
родном, в слезах тумане,
Прощанье
слышалось во вскриках.
И в суматохе
якутяне,
Беда нагрянула
внезапно,
На фронт
уходят все мужчины,
Громить
фашистов беспощадно.
Охота,
сенокос на сыне,
А дочка с
мамою усердно,
Хозяйство
поднимает в доме,
Скучая по
отцу безумно.
В годах
войны крутом изломе,
Душе как
было бы не больно,
Но радость
во врага разгроме,
Была сильней
всех бед невольно.
В пролившем
кровь и пот народу,
Потомки,
воздадим мы славу,
Погибших
помнить в каждом роде,
Живым
поклонимся мы низко.
Цветы
возложим в изголовье,
На всех
могилах братских нашим,
Победа
горькая, святая,
Что вольной жизнью
все мы дышим.
Василий
Полятинский
19:53/20:08 –
21:36 08.05.18
© Свидетельство о публикации №118050806521
Балаган якутов: эта невысокая,
вытянутая в длину четырёхугольная постройка из наклонных брёвен и с плоской
земляной кровлей - одно из таких жилищ.
Якутский балаган, прежде всего, привлекает
внимание тем, что брёвна стоят почти вертикально, с небольшим наклоном к земле,
что непривычно для жителей средней полосы России, часто видевших срубленные
избы с горизонтальными «венцами». Стены балагана обмазывали глиной, смешанной с
растительными компонентами, что помогало утеплить помещение. Традиционно
балаган якутов имел нечётное количество маленьких окон, которые зимой
прикрывались льдом, а летом - слюдой или другими полупрозрачными материалами.
Рег.№ 0285916 от 8 мая 2018 в 17:31
Другие произведения автора:
Нет комментариев. Ваш будет первым!