Олимпиада
Спиридонова, Пётр Окоёмов – Уйаны Бүөтүр тыллара (слова), АннаТотонова матыыба
(мелодия), Радион Амонов аранжировката (аранжировка), ыллыыллар (поют) Анна
Тотонова и Гаврил Пахомов.
СҮҺҮӨХТҮҮН
СҮГҮРҮЙЭБИН
Олимпиада
Спиридонова
(Василий
Полятинскайга)
Махтанар тылларыҥ сылааһын
Иэйиигэр суулааҥҥын эн
ыыттыҥ.
Музыка алыптаах матыыбын
Холбооҥҥун ис кутун арыйдыҥ.
Улуу омук тылынан саҥаран,
Элэккэй санааҕын ыллаттыҥ.
Абылаҥ долгуҥҥа куустаран,
Олохпор алгыһы анаатыҥ.
Долгуйан хараҕым ууланна,
Баай тылыҥ дэгэтэ тылынна.
Дойдум кэрэчээн айылҕата
Куйаарга сулустуу сырдаата.
Эйиэхэҕэ сүдү Киһиэхэ
Сүһүөхтүүн мин сүгүрүйэбин.
Эдэркээн ыччатыҥ сэргиэҕэ
Умсулҕанаах айар үлэҕин.
Олимпиада
Спиридонова
Дьокуускай,
23.09.2021 сыл.
Поэтический
перевод с языка родных аласов. Язык народа Саха настолько богат и красочен, что
одно слово на другой язык можно перевести с помощью десятка, а то и больше
слов.
Алас (Алаас) — типичная для равнинной
земли Саха форма рельефа. Алас представляет собой пологосклонную и плоскодонную
ложбину овальной формы диаметром до нескольких километров и глубиной до 30 м.
Образуется при вытаивании подземных льдов (термокарст), усадке грунта и горных
пород, суффозии, карсте и т. д. Низина аласа обычно покрыта заболоченным
озером, а склоны — лугово-степной растительностью.