ҮЧҮГЭЙИЭН
ДЬАРБАЙЫАҔЫ
Мутукча
сытынан дыргыйан,
Сылаас
тыынынан илгийэн,
Халаан
уутунан халыйан,
Саас кэллэ,
оргууй киэргэйэн.
Сардаҥанан
күлүмүрдээн,
Харалдьыкка
күн күүлэйдээн,
Тоҥуй сүрэҕи
ириэрэн,
Үүннэ
ньургуһун чэлгийэн.
Тула барыта
киэркэйдэ,
Кустук
өҥүнэн ооньоото,
Сир
сириэдийэ көҕөрдө,
Күөрэгэй
үөһээ көччүйдэ.
Чараҥҥа
хатыҥ суугунуур,
Уолчаан
кыыһы кистээн ууруур,
Саҕахтан
тахсар күн уһуур,
Сардаҥа
күөлгэ ойолуур.
Үчүгэйиэн,
дьарбайыаҕы:
Сыһыы
устунан хаамыаҕы,
Сүрэҕи үөрдэ
ыллыаҕы,
Сааһы көрсө
айхаллыаҕы.
Күн Арылы
Надежда
Николаева
Бэрдьигэстээх
(с.
Бердигестях, Горный улус, Республика Саха (Якутия))
26.01.17
ПОЖЕЛАЕМ В СВИДАНИЯХ СЧАСТЬЯ ДВОИМ
Аромат
изумрудной якутской тайги,
Излучается
тёплым дыханьем весны,
Переливом
небес, синевы, ручейки,
Благозвучным
журчаньем нектара полны.
Лучезарным
сиянием, солнца, лучи,
Отогреют
сердца тех, чьи души близки,
Из
промёрзшей землицы, как счастья ключи,
Прорастут
вновь подснежников, чуда, цветки.
Расцветает
весна, трепетаньем свечи,
Разноцветьем
весенним все краски ярки,
Мелодично
звучат саксофоном любви,
Колокольчиком
звонким всех звёзд огоньки.
Белоснежность
берёзовых рощиц в дали,
Раскрывается
ясным рассветом зари,
Поцелуями
юноши тайн, журавли,
В поднебесье
курлычут, как надо любить.
Лебедиными
крыльями девичьих грёз,
Не прервётся
симпатий всех тонкая нить,
Да пребудет
надежда, бальзам всех сердец,
Пожелаем в
свиданиях счастья двоим.
Василий Полятинский
14:15 –
21:00 30.03.17
© Свидетельство о публикации №117033007181