ХОһООН ДИЭН КИһИЭХЭ

14 февраля 2023 — Василий Полятинский
article342143.jpg
 
 
 

Поэтический перевод Василия Полятинского с языка народа Саха стихотворения Ольги Софроновой-Суһум "ХОһООН ДИЭН КИһИЭХЭ”.

 

ХОһООН ДИЭН КИһИЭХЭ

(Ийэ Тылбыт күнүгэр)

 

Хоһоон диэн хас айар киһиэхэ

Дьиктилээх ис кутун имэҥнээх иэйиитэ,

Үөрүүтэөтүүтэ, дьоллонон күлүүтэ

Олоҕу көрүүтэ, сиэрдээх буолуута.

 

Хоһоон диэн хас биирдии киһиэхэ

Кытаанах куйахтаах  кыаттарбат эриэхэ,

Тиискинэн кириэххин-туһугар бэтиэхэ,

Арай кыаллыаҕа-дьоҕурдаах киһиэхэ.

 

Ылбычча киһиэхэ төрүт да кыаттарбат,

Тыл, иэйии дьэрэкээн дэгэтэ,

Элбэхтик тыллара эҥинэ имитэ

Эмискэ күөрэйиэ кынатын күөрэтэ.

 

Биир тылы көрдөөҥҥүн көлөһүн тоҕоҕун,

Булбакка сороҕор кураанах төннөҕүн.

Ол тылы куйуурдаан Куйаартан булаҕын,

Көһөҥө көмүһү булбуттуу үөрэҕин.

 

Сороҕор, ол иэйии букатын ааһыаҕа,

Устугас тумаҥҥа суураллан сүтүөҕэ,

Тарбаҕыҥ быыһынан саккырыыр кумахтыы

Тыаһа суох ханна эрэ дьылыччы бүгүөҕэ.

 

Сороҕор, эмиэ да күөрэйэн тахсыаҕа,

Үөрүүнүөтүүнү бойумнук бэрсиэҕэ,

Байанай булдунуу ирээккин бэрсиэҕэ,

"Бу сиргэ олус да дьоллоохпун!"-дэтиэҕэ.

 

Тыл сүмэтэ-сүөгэйэ, дьиктилээх кэрэтэ

Дьоҕурдаах,талааннаах киһиэхэ бэриллэр,

Иһиккэ толору сомсон ылыаҕы-

Көөчүктүү оонньоһор,ытатар, ыллатар.

 

Сороҕор,  хомуска холбоһон хоҥкунуур,

Этигэн тойугун этитэн дьурулуур,

Ырыаҕа ыллаһан сүппэт дьылҕалыыр,

Тымырбыт устунан тарҕанан дьырылыыр.

 

Ити Тыл Иччитэ киһини тургутар,

Оһолу-моһолу туоруурга үөрэтэр,

Мөлтөөбүт-ахсаабыт сылайбыт күннэргэ

Хааппыла үтүө тыл эрэли үөскэтэр.

 

Күүскэ күүс угар, санааны көнньүөрдэр,

Күөгэтэр, күөрэтэр, күөх окко көччүтэр,

Үскуту бүөбэйдиир, тирэхтээх оҥорор,

Ийэ тыл алыбын киниэхэ бэлэхтиир.

 

Мөлтөҕү, күүстээҕи дьыл кэмэ сиидэлиир,

Ааҕааччы кырдьыктаах дьүүлүгэр туруорар,

Кытаанах Судьуйа оруолун толорор,

Кылааннаах кырдьыгын этэргэ дьулуһар.

 

Ольга Софронова-Суһум

Ньурба к., 13.02.21с

 

Байанай

уст. баянай (общее название духов, покровительствующих охотникам-звероловам и рыбакам).

Хомус (якутский музыкальный инструмент)

 

СТИХИ

(С ДНЁМ РОДНОГО ЯЗЫКА)

 

Всех, кто пишет стихи, поздравляю я с праздником,

кто чудесной и страстной душой наполняет,

ликованием, радостью время текущее,

наблюдая весь мир на любовь вдохновляет.

 

Что стихи сотворить не дано всем и каждому,

а зубами не вскроешь поэзии панцирь,

как кедровый орех не расколешь! К прекрасному,

одарённый лишь сможет добраться — он пастырь.

 

Сотворить совершенство так трудно сбывается,

ведь не каждая рифма сплетает узоры,

многократно слова, как цветы распускаются

и внезапно взлетаешь в крылах априори.

 

Покрываешься потом в реальности жизненно,

в закоулках всех слов не найдя благозвучность,

и находишь ты слово совсем неожиданно,

золотинки крупицей, как солнечный лучик.

 

В темноте непроглядной, как свет вдохновения,

что в плавучих туманах душа растворится,

растекаясь сквозь пальцы песком отражения,

и бесшумно уйдёт, колдовством затаившись.

 

Иногда колокольчиком звонким заплещется,

где восторгом поделится трепет волнений,

и незримые духи охоты поделятся,

в окружающем мире ты будешь счастливым.

 

Вдохновенное слово, как сок животворности,

предназначено жизнью таланту заветно

и сосудом наполненным дар благотворности,

заиграет слезами и песнями вечно.

 

Почему — то с хомусом единственной звонкостью,

стихотворною ритмикой сладостна нежность,

предсказанием песенным нотною тонкостью,

в кровеносных сосудах сердечка безбрежность.

 

И возвышенный дух человеком испытанный,

помогает препятствия, боль неподдельно,

одолеть колдовства невесомыми нитями,

замечательной капелькой радости цельно.

 

Наполняется силой и мыслью спасительной,

в изумрудной траве беззаботно резвится

и баюкает души опорой мыслительной,

материнский язык озареньем лучится.

 

Процедил он и слабость и силу со временем,

кто читает, действительно праведно судит,

выполняет он роль справедливым стремлением,

остриём достоверности истину будит.

 

Василий Полятинский

18:12 – 22:32 13.02.23

© Свидетельство о публикации №123021306474


© «Стихи и Проза России»
Рег.№ 0342143 от 14 февраля 2023 в 04:52


Другие произведения автора:

НАД АМУРОМ РАССВЕТАЕТ УТРО

ПЕРСИКОВАЯ РОЗА

ХРИЗАНТЕМА

Рейтинг: 0Голосов: 0125 просмотров

Нет комментариев. Ваш будет первым!