VIDEO Стихотворение "Подари мне ночь
любви” прочитала Семёнова Любовь Егоровна – Сэгэйэ.
Поэтические переводы стихотворения
Василия Полятинского "Подари мне ночь любви” на язык народа Саха Олимпиады
Спиридоновой, Дмитрия Фёдорова - Оhуохай Уола, Ольги Софроновой – Суhум.
БЭЛЭХТЭЭ ТАПТАЛ ТҮҮНҮН
Таптал түүнүн бэлэхтээ миэхэ,
Өй-мэйдээх тулуйбат имэҥин.
Тимирдиий дип - дириҥ иэйиигэ
Нап-нарын сыһыан умсулҕанын.
Кып-кыһыл уоһуҥ минньигэһэ
Абылаатын күүстээх тапталынан.
Итирдиий миигин биир түгэҥҥэ
Ньулуун амтаннаах утаҕынан.
Эн эрэ сылааскар дьоллоохпун,
Ууруохпун баҕардым итии уоскун.
Бэлэхтээ миэхэ таптал түүнүн,
Көстүбэт эйгэлээх имэҥи.
Эн буоллуҥ олоҕум күнчээнэ,
Иэйиим кистэлэҥ таабырына.
Ис кутум оонньуур музыката,
Ырыам, дьолум остуоруйата.
Олимпиада Спиридонова тылбааһа
Дьокуускай, 05.10.21
БЭЛЭХТЭЭ
ДУУ, МИЭХЭ БИИР ТҮҮНҮ
Бүтүннүү тапталга умсуохпун
Илистэ уоскулаҥ булуохпун
Бэлэхтээ дуу, миэхэ биир
түүнү
Имэҥтэн туймаарар үөрүүнү
Таптал уох абыгар ылларан
Тэтэркэй уостаргын ууруохпун
Баҕабын олоччу ханнаран
Барытын кыл түгэн умнуохпун
Оо күнүм, көмүһүөм сэгэрим
Олохпор таайбатах кистэлим
Сүрэҕим налыйар нуурала
Суо ырам суһумнуур чыпчаала
Бүтүннүү тапталга умсуохпун
Бэлэхтээ, дуу миэхэ биир
түүнү,
Эйэргии оонньоһон таптаһан
Эн эрэ бааргыттан
дьоллонуом...
Дмитрий
Фёдоров - Оhуохай Уола тылбааhа
Чурапчы
улууhа, 06.10.21
БЭЛЭХТЭЭ
ЭН МИЭХЭ КҮӨХ ТҮҮНҮ
Бэлэхтээ, эн миэхэ сэгэриэм,
Имэҥнээх уоҕунан күүскэтик
Аньыыга-хараҕа умньаммыт
Итирдэр ол аптаах күөх түүнү.
Минньигэс мүөтүнэн илгийэр
Уоскуттан мин уулла
ууруохпун,
Алыптаах тапталыҥ былааһар
Бүтүннүү бэринэн ылыахпын.
Күннэйим, көмүһүм, мин күнүм,
Олоҕум, иэйиилээх мин кутум,
Мин дьолум уйаҕас сипсиэрэ,
Муусука абылаҥ дорҕооно.
Ууруохпун баҕардым эйигин,
Умсулҕан иэйиилээх хараххын,
Эн миигин кууһаргар иһийэн
Сирдээҕи дьолунан туолуохпун.
Ольга Софронова - Суһум тылбааһа
Ньурба к. , 26.10.21
© Свидетельство о публикации
№121102605614
Другие произведения автора: СВИДАНИЕ В ЭФИРЕ С ЛЮБИМОЙ
НА АЛТАРЕ ВЕСЕННИХ ДНЕЙ
И … СЛЫШЕН ЖУРАВЛИНЫЙ КРИК