АХТЫЛҔАН
Поэтический перевод
стихотворения Василия Полятинского
"ЛЮБИТЬ… ЗНАЧИТ… ЖИТЬ…” на
язык народа Саха
Ольги Софроновой - Суһум.
АХТЫЛҔАН
ЛЮБИТЬ…
ЗНАЧИТ… ЖИТЬ…
Я не хочу умирать от любви к тебе,
Я жить хочу, тобою восхищаясь,
В ответ ты очень тихо отвечаешь мне,
Отсветом нежным, счастья, улыбаясь.
Я видеть не хочу тебя в туманном сне,
Разлукою, тоской, печалью маясь,
Твоё дыханье ощущать хочу я каждый день,
Всю целовать тебя, реально, наяву, родная.
А у тебя, там, далеко, цветёт сирень,
«Любить … значит …
жить …», - ты отвечаешь, дорогая,
Соловушка моя, мелодии души моей, волшебная свирель,
Хочу носить тебя я на руках, моя любовь земная.
А у меня ещё морозы, ещё метёт позёмкою метель,
Я не хочу нирваны, ни блаженства, никакого рая,
Хочу обнять тебя я просто, волнения, ощущая хмель,
Тепло твоё вдыхать, твой аромат, от страсти обмирая.
Любить тебя хочу, жалеть, милая моя, мой свет,
Застенчиво, смущеньем алости, от нежности сгорая,
Я просто счастлив, что ты со мной, в секундах встреч,
К тебе лечу всю жизнь, сейчас, на крыльях Счастья …
Василий Полятинский
17:41 – 17:44 23.12.21/21:05 – 23:23 06.03.13
© Свидетельство о публикации
№113030607843
АХТЫЛҔАН
Эйигин таптыыртан,
Эйигин ахтартан
Өлүөхпүн букатын
Баҕарбат эбиппин.
Тапталтан дьолломмут
Эйэҕэс мичээргин
Күннэйиэм, көмүһүөм
Көрүөхпүн баҕардым.
Айманан, санаарҕаан,
Санааҕа баттатан
Туманнаах түүллэргэ
Көрүөхпүн баҕарбаппын.
Сып - сылаас тыынынан
Илгийэр сылааскын
Мин илэ билиэхпин,
Ууруохпун баҕардым.
Эн сылдьар дойдугар
Дьэрэкээн чэчиктэр
Күөҕүнэн чэлгийэ
Дууһаны үөрдэллэр.
"Таптыахха...ол аата
Олоҕу олоруохха"- ...
Эн миэхэ эппиэтиҥ
Сүргэбин көтөҕөр!
Дьүрүскэн мин кутум
Хомуһун хомуһа
Мин Ырыам - тойугум
Далбарай чыычааҕа.
Илиибэр эйигин Көтөҕө
сылдьыаҕым.
Сирдээҕи мин дьолум,
Аналым буолаҕын.
Биһиэхэ төрөөбүт
Сахабыт Сиригэр
Силлиэнэн ытыйар
Тымныылар түстүлэр.
Оттон мин кутум
Эйиэхэ талаһар,
Эйигин таптыаҕын,
Кууһуоҕун баҕарар.
Эн нарын сыккыттан
Имэҥтэн ууллуохпун,
Ахтыбыт бэйэҕин
Күүскэтик кууһуохпун.
Эйигин таптыахпын,
Аһынан ылыахпын,
Эн миигин кытары
Буолуоххун баҕардым.
Санаабар уйдара
Мин Дьолбор бигэтэ
Кынаттаах кэриэтэ
Эйиэхэ көтөбүн...
Ольга
Софронова -- Суһум нууччалыыттан сахалыы көҥүл тылбааһа.
Ньурба
к., 23.12.21 с.
©
Свидетельство о публикации №121122302763
Рег.№ 0333633 от 23 декабря 2021 в 12:26
Другие произведения автора:
Нет комментариев. Ваш будет первым!