ЧУОРААННЫЫ ЧУГДААРХАЙ ТАПТАЛЫМ

article341441.jpg
 
 
 

Василий Полятинский нууччалыы хоһоонун Ольга Софронова - Суһум көҥүл тылбааһа.

Поэтический перевод Ольги Софроновой - Суhум на язык народа Саха стихотворения Василия Полятинского "КОЛОКОЛЬЧИКОМ СЕРДЦА ЛЮБОВЬ”.

 

ЧУОРААННЫЫ ЧУГДААРХАЙ ТАПТАЛЫМ

 

Сүрэхпэр баар тапталым

Өссө да ааспатах эбитин

Чуораанныы чугдаархай тыаһынан

Мин иэйиим ис куппар санатта.

 

Күн көмүс күлүмүн анныгар

Дьоһуннаах мин дьолум олорор,

Ырыаһыт чыычааҕы истээтин

Чэчиктэр манньыйа ууллаллар.

 

Оруоса кэриэтэ тапталым

Симиктик бу тыллар кэмигэр

Саһархай саһарҕа сандаарар,

Тулабар уот ыһан сырдатар.

 

Олунньу күөх урсун халлаана

Тырымныыр хараххар көһүннэ,

Дьол - үөрүү кыымнарын бэлэхтээн

Билэбин олох диэн кэрэтин.

 

Тапталым чугдаархай чуораана,

Этитэр  эймэнэр тойуга,

Бу сыллар тухары долгутар,

Чырыптыыр ырыаҕа холбоһор...

 

Ырыаһыт чыычаахтар ыллыыллар,

Тапталы кинилэр алгыыллар,

Санааттан,сүрэхтэн сүппэттэр,

Үҥэбин үйэлээх тапталбар!

 

Ольга Софронова - Суһум

Ньурба к., 09.01.23 с.

© Свидетельство о публикации №123010901418

 

КОЛОКОЛЬЧИКОМ СЕРДЦА ЛЮБОВЬ

 

А любовь как была, не ушла,

колокольчиком сердца звенит

и с надеждой наивной тепла,

безрассудная вера летит.

 

Лучезарное счастье живёт,

там, где солнышка милого взгляд,

соловей восхищённо вздохнёт

и споёт, что ромашки таят.

 

Там, где розы любви расцвели,

все рассветы в янтарных тонах,

изумрудных небес феврали,

засияли в любимых глазах.

 

Колокольчиком сердца любовь,

бесконечно летит, как стрела,

мелодичная трель соловьёв,

что молитвой сердечной светла.

 

Василий Полятинский

21:55 – 23:30 08.01.23

© Свидетельство о публикации №123010806053


© «Стихи и Проза России»
Рег.№ 0341441 от 9 января 2023 в 07:25


Другие произведения автора:

MAGNOLIAS FOR EVER

ВАЛЬС ФЕВРАЛЯ

ОБМАКНУЛА ОСЕНЬ КИСТЬ

Рейтинг: 0Голосов: 0111 просмотров

Нет комментариев. Ваш будет первым!